Абыйга сылын ахсын мап-маҥан мааны кубалар сөбүлээн кэлэллэр.
Онон көрүөхтэн кэрэ, кыраһыабай көтөрдөрү олохтоохтор саас буолла да, кэтэспитинэн барар үгэстээхтэр. Кубалар кэллилэр да, ыаллар оҕолуун-уруулуун тахсан аһаталлар, далбардыыллар. Итинэн кэнчээри ыччат төрөөбүт айылҕатын, көтөрүн-сүүрэрин харыстыы, бүөбэйдии, көрө-истэ үөрэнэр.
Быйыл Муҥурдаах бөһүөлэгэр үс куба кэлбитин туһунан Ulus.media сайтыгар таһаарбыттар.
1
0