Абый улууһун Муҥурдаах уонна Уолбут нэһилиэктэригэр дьиэлэр ууга тураллар. Ити эрээри кыра-кыралаан уу түһүүтэ бэлиэтэнэр. Бу туһунан СИА-ҕа оройуон баһылыга Станислав Цюхцинскай биллэрэр. Бэлиэтиир эбит буоллахха, билигин хотугу эргимтэҕэ муус ааһар кэмэ. Муниципалитекка ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар.
«Уолбут нэһилиэгэр билигин 9 дьиэ ууга турар. Онно 23 киһи олорор. Бу дьону быстах кэмҥэ балыыһа уонна оскуола дьиэлэригэр олохтообуппут даҕаны, онно икки эрэ киһи баар. Атыттар — аймахтарынан тарҕаспыттар. Уу таһыма ыксаллаах бэлиэни таһымныыр, ити эрээри бүтэһик сууккаҕа 14 см түстэ«, — диир баһылык.
Муҥурдаах нэһилиэгэр 24 олбуор сирэ ууга турар. Онтон 17-тигэр чааһынай дьиэлээх. Уу 30 киһи олорор тоҕус дьиэтигэр тиийдэ. Озернай уулусса уонна авиабылаһаакка бүтүннүү ууга барда. Уу таһыма бүтэһик күҥҥэ 3,7 см түстэ.
Атын нэһилиэнньэлээх пууннарга күүстээх бэлэм биллэриллэн турар. «Билигин куттал суоһуон сөптөөх сиринэн Белай Гора болар. Индигирка уута киллэрэ турар. Аэропорт ууга барыан сөптөөх. Бүгүн бүтэһик борт кэллэ. Сарсын балаһаны сабыахпыт. Синоптиктар Өймөкөөн уонна Муома улуустарыгар уу түһүүтүн бэлиэтииллэр. Онон биһиэхэ да үс-түөрт хонугунан балаһыанньа тупсарыгар эрэллээхпит«, — диэтэ Станислав Цюхцинскай.