23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Абааһы мунньаҕын" баттаһа хоточчулар оттуур арыыларыгар көстүлэр

17:29, 12 июля 2023
Текст:
Фото: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Бөтүрүөп таҥарата. Ардахтаата. Аны «абааһы мунньаҕа» буолар. Ол кэннэ Саха сиригэр оттооһуҥҥа күүскэ туруналлар. «Ити кэмҥэ от ситэр», — диэн кэпсииллэр хоточчулар.

Хаҥалас улууһун Хоточчутугар чугас эргин ходуһа аҕыйах. Онон олохтоохтор сүрүн отторун булунар сирдэрэ — Өлүөнэ эбэ тардыытынан арыылар. Онно көһүү бэйэтэ туспа улахан дьаһал, «улуу көһүү» диэн ааттыахха сөп.

Былырыын арыыга көһүү атырдьах ыйын 3 күнүгэр тэриллибит эбит буоллаҕына, быйыл эрдэлээтилэр — бастакы паром от ыйын 3 күнүгэр туораталаата. Иккис паром бэҕэһээ, от ыйын 11 күнүгэр, кэлэн отчуттар техникаларын сирдэригэр таһаардылар.

— Сылын аайы паром кэлэн таһаартыыр. Билигин дьон үксэ техниканан оттуур буолан, тыраахтыр элбэх. Мин, холобура, үс тыраахтыры туоратабын. Манна 7500 солк төлөөтүм. Төннөрбүтүгэр эмиэ оннук курдук. Ардыгар уу түстэҕинэ сүүрдэн аҕалабыт, күһүн хойутуу.

Быйылгыттан быраҕылла сытар бааһынаны чөлүгэр түһэрэн, онно от ыстым. Онтубун хомуйуохпун наада. Онон арыытааҕы оппун бүтэрэ охсон, төттөрү көһөн кэлиэхтээхпин. Сарсыарда уонна киэһэ мотуордарынан төттөрү-таары сылдьабыт. Айаммытыгар холбоон чаас курдук сүтэрэбит, уматык да элбэх туттуллар. Сорохтор хоноллор. Хаһаайыстыбалаах киһиэхэ хоно сытара уустуктардаах.

Оттуубут. Бары күүһү кыстыкка сүөһүлэрбит, сылгыларбыт астарын булууга аныыбыт, — диэтэ «Агростартап-2022» кыайыылааҕа Радомир Варламов.

Паромнаах Николай Попов бу күн түөрт рейсы оҥордо, суруйда Ольга Гермогенова, Хаҥалас улууһа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА