Саха сирэ Россияҕа да, аан дойуга да ураты култууралаах, туспа историялааах омугунан биллэр. Ону бу күннэргэ чаҕылхай талааннар киэҥ сиргэ өссө биирдэ толору дакаастаатылар. Санкт-Петербург куоракка дойду араас муннуктарыттан, атын омук сирдэриттэн тыһыынчаттан тахса кыттааччылаах сэттис төгүлүн “Добровидение” фестиваля ыытылынна.
Саха сириттэн Үөһээ Бүлүүтээҕи Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын киинин иһинэн 22-с сылын үлэлиир “Кылыһах” норуодунай оҕо кэлэктиибэ уонна Сунтаар улууһуттан Элгээйитээҕи “Дьүһүйүү” фольклорнай ансаамбыл фестивальга кытынна. Оҕолор хотугу кыраайбыт култууратын киэҥ эйгэҕэ көрдөрөн, сөхтөрдүлэр, көрөөччүлэри сэҥээртилэр.
Үйэ аҥаардаах “Дьүһүйүү” норуодунай ансаамбыл Петропавловскай кириэппэскэ толоруута, толору мустубут көрөөччүлэр болҕомтолорун ылла. «Саха хомуһун тыаһыттан ураты турукка киирдибит», — диэн билиннилэр.
Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. Дойду саамай кэрэ уонна баай историялаах сиригэр кэлэн билиилэрин кэҥэттилэр, атын омуктары кытта ыкса алтыһан, илэ билсэн, дойдуларыгар тапталлара, саха буолалларынан киэн туттуулара өссө улаатта.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин “Кылыһах” ансаамбыла дойдулар икки ардыларынааҕы фестивальга саастарынан саамай кыра буолан биэрдилэр. Онон кимнээҕэр даҕаны ураты интэриэһи тарданнар, “Жар птица”, “Играй гармонь”, “Пятый канал” курдук федеральнай таһымнаах телевидение биэриилэригэр ыҥырыллан, айар үлэлэрин кытта билиһиннэрэр чиэскэ тигистилэр.
Түгэнинэн туһанан, “Кылыһах” айар кэлэктиип бу сырыыларын иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыт “Северный колорит” айар түмсүү салайааччыларыгар Авксентий Обоюковка, Саргылана Чириковаҕа истиҥ махталларын тиэрдэллэр.
“Дьөһөгөй” түмсүү кыттыылаахтара Госдуума депутата Федот Тумусовка, Сунтаар улууһун аҕа баһылыгар Анатолий Григорьевка, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччытыгар Мария Кобельяноваҕа, Элгээйи нэһилиэгин баһылыгар Гаврил Яковлевка, “Оһуор” култуура киинин дириэктэригэр Владимир Семеновка дириҥ махталларын биллэрдилэр.
Ааптар: Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург, суруналыыс