Саха сиригэр 2023 сыл бастакы үс ыйыгар 8452 киһи Арктика оройуоннарыгар диэри чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанна. «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Арктика улуустарыгар баар 13 Арктика улууһугар көтөр. Дьон ордук сөбүлээн Баатаҕай, Тиксии уонна Орто Халыма хайысханан туһанар.
Чэпчэтиилээх билиэттэринэн Арктика оройуоннарын олохтоохторо уонна «Земскэй доктор» уонна «Земскэй фельдшер» бырагыраамаҕа кыттар медиктэр туһаныахтарын сөп.
Бу чэпчэтии көмөтүнэн дьон билиэттэри ортотунан 60% чэпчэки сыанаҕа ылыахтарын сөп. Холобур, Орто Халымаҕа диэри субсидия кээмэйэ 20600 солк., Тиксиигэ – 17800, Баатаҕайга – 13800 солк. тэҥнэһэр.
Бу субсидия операторынан «Полярные авиалинии» авиахампаанньа буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ хампаанньа 146 мөл. солк. туһанна.
2022 сылга субсидиянан 34,5 тыһыынча киһи туһаммыт, регион бүддьүөтүттэн барыта 600 мөлүйүөн көрүллүбүтэ.