50 тыһыынчаттан тахса Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ бүппэт лимииттээх мобильнай төлөпүөнү бэлэх тутуоҕа. Ол туһунан «Биир ньыгыл Россия» сүрүн Сэбиэтин сэкирэтээрин солбуйааччыта, Госдуума информационнай бэлиитикэҕэ, информационнай технологияларга уонна сибээскэ кэмитиэтин баһылыга Александр Хинштейн эттэ диэн, СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.
«Дойду үрдүнэн барыта 52 тыһыынча бэтэрээҥҥэ төлөпүөнү туттарыахпыт. Россия иһигэр эрийиигэ лимиитэ бүппэт тарыып холбонор», — диэтэ Хинштейн. Экрана улахан, «суһал көмө» кнопкалаах.
Депутат эппитинэн, регионнарга сибээс өҥөтүгэр холбонууга сертификаттар ыытыллаллар. «Хас биирдии бэтэрээҥҥэ сыһыарыллыбыт волонтердар ити сертификатынан ханнык баҕарар чугастааҕы операторга тиийэн нүөмэр холботторор», — диэн быһаарда кини.
Парламентарий чуолкайдаабытынан, төлөпүөннэр регионнарга тиийитэлээн эрэллэр. «Биһиги эрдэ ыытар былааннаах этибит даҕаны, прандемия мэһэйдээтэ, — диэтэ кини. — Эпидемиологическай балаһыанньалара арыый ама регионнарга түҥэтэлээн эрэбит. Волонтер фронтовик олорор сиригэр чопчу тиийиэҕэ. Сибээһи холбуурга көмөлөһүөҕэ. Коронавирус тарҕаныытын балаһыанньатын көрөн олорон, акциябытын атын регионнарга эмиэ киллэрэн иһиэхпит».