Уһун ардахтартан тыа сирин нэһилиэктэригэр халааннаан, Өймөкөөн улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы режимэ биллэриллибитэ.
Сордонноох нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ айан-сырыы суох буолан, Сордоннооххо үөрэххэ барыахтаах устудьуоннар, уоппускаларыгар дойдуларыгар сынньана кэлбит араас улуус дьоно, ыарыһахтар хаайтаран эрэллэр.
Уу түһэн эрэр эрээри, бүгүн Сордоннооххо эмиэ курулас ардах түһэ турар. Онон ордук уустук балаһыанньа отчуттарга үөскээтэ. Иван Егорович бэлиэтииринэн, нэһилиэк 70-ча га оттуур ходуһата ууга барда. 35 тонна оттоммут оту дохсун сүүрүктээх уу сууйан барда, 100-тэн тахса кэбиһиилээх от ууга турар.
Улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров иһитиннэрбитинэн, Дьокуускайтан кэлбит ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин бөлөҕө уонна улуустааҕы бу салаа исписэлииһэ бэҕэһээ Томторго үлэлээтилэр, Куйдуһун алдьаммыт муостатын тиийэн көрдүлэр, үөрэттилэр. Бэҕэһээ Сордоҥноохтон Томторго сатыы айаннаан кэлбит киһи куорат хамыыһыйатыгар аара кэлэн иһэн түһэрбит хаартыскаларын туттарда. Онно айан суола 32 сиринэн быстан сытара билиннэ.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата Өймөкөөн нэһилиэгин суолларын көрөр-истэр, төһө суумалаах хорумньу тахсыбытын ааҕар-суоттуур.