«11 эбийиэк сүрүн үөрэх, биир оскуола иннинээҕи үөрэх, икки эбии үөрэх, биир үөрэх атын эбийиэгэ, алта спорт, 13 доруобуйа харыстабыла, сэттэ култуура эбийиэгэ тутуллан, 2025 сылга үлэлэрин саҕалыахтара», — диэтэ миниистир.
Кини бэлиэтээбитинэн, сыл бүтүөр диэри доруобуйа харыстабылын аҕыс бөдөҥ эбийиэгэ үлэҕэ киириэҕэ.
«Амма, Бүлүү, Ньурба, Нам, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи улуустарыгар уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр тутулла тураллар. Сыл бүтүөр диэри бу аҕыс эбийиэги үлэҕэ киллэриэхпит. Маны сэргэ ФАП-тары тутуу салҕанан барар. Итиэннэ концессионнай сөбүлэҥинэн тутуллар эбийиэктэр бааллар — Арктика киинэ уонна элбэх үөрэх эйгэтигэр тутуулар бараллар», — диэтэ тутуу салайааччыта.