«Российская газета» хаһыат 2022 сыллааҕы абитуриеннарга анаан биэс сүрүн сонуну бэчээттээтэ. Үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсан киирэргэ туохха болҕомто ууруохха сөбүй?
1. Туттарсыыга БКЭ 2018, 2019, 2020, 2021 уонна 2022 сыллааҕы түмүктэринэн докумуоҥҥун биэриэххэ сөп.
2. Докумуону биэс үрдүк үөрэх кыһатыгар тэҥинэн биэриэххэ сөп. Оттон хайысхатын хас биирдии үөрэх кыһата бэйэтэ быһаарар, ити эрээри 10-тан элбэх буолбат, үксүгэр 4 — 5, ардыгар онтон да аҕыйах буолар.
3. Докумуону «дистанционно», почтанан эбэтэр тус тиийэн туттарыллар. Бэйэҥ талаҕын.
4. Үөрэххэ киирбитиҥ туһунан биллэрии-сурук бары үөрэх кыһаларыгар биир тэҥҥэ тахсар. Онон эрдэттэн ханнык үөрэҕи таларгын билэриҥ ордук, оччотугар үөрэххэ киириигэ сайабылыанньаҕын уонна аттестатыҥ оригиналын кэмигэр туттараҕын.
5. Медицинскай ыспыраапка наадата суох, ити эрээри медосмотр ирдэниллэр үөрэхтэр бааллар. Ити «лечебное дело», «фармация», «педагогика и психология девиантного поведения» уонна да атыттар.