«Хотугу сулус» сылы эргиччи үлэлиир оҕо киинэ 2022 сылга Табаҕа тоҕойугар Дьокуускайтан 33 км тэйиччи Өлүөнэ эбэ кэрэ биэрэгэр дьэндэйиэҕэ. Эбийиэк оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ саамай бөдөҥ уонна саҥалыы көрүүлээх бырайыак буолар. «Өйдөөх» инженернай технология уонна биир кэлим салайыы систиэмэтэ тутуһуллар. Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн тутуллар.
Ыам ыйын 22 күнүгэр тутуу былаһааккатыгар Ил Дархан Айсен Николаев сырытта.
Билигин корпустар уонна эбии тутуулар сыбаайалара түспүт. Ирдэниллэр техническэй дьайыылар таҥыллыбыттар.
Икки сменанан үлэлииллэр.
«Оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ олус интэриэһинэй эбийиэк тутуллар Табаҕа тоҕойугар. Манна судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин дьаһалынан «Открытие» баан үбүлээһининэн саамай анылыгыы оҕо киинэ тутуллар. Уһук илиҥҥэ РФ президенин боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев быһаарыытынан федеральнайдааҕы грант көрүллүбүтэ. Сылын аайы манна өрөспүүбүлүкэттэн тыһыынчанан оҕо кэлэн эбии үөрэхтээһини аан дойду аныгылыы методикаларынан ааһыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев.