Аэропортары реконструкциялааһын Белай Гораҕа, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангарга, Хаандыгаҕа уонна Нерюнгрига буола турар, СИА регион сүрүн пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.
Саҥа эбийиэктэр тутуллаллар, ол иһигэр уматык ыскылааттара, хонтуруоллуур-аһардар пууннар, патруллуур суоллар, олбуордар. Сангарга, Хаандыгаҕа уонна Нерюнгрига эбии аэровокзаллар оҥоһуллаллар. Сангаарга уонна Хаандыгаҕа чааска 35 пассажиры аһардар служебнай-пассажирскай эбийиэк тутуллар, Нерюнгрига — чааска 300 пассажир киирэр аэровокзальнай комплекс.
Аэропортар «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры на период до 2024 года» бырагырааманан тутуллаллар. Өрөспүүбүлүкэ тосхолго 2019 сыллаахха киллэриллибитэ.
Бырагыраамаҕа былырыын 15 аэропорт киллэриллибитэ: Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ньурба, Черскэй, Эдьигээн, Хаандыга, Белай Гора, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Депутатскай, Сангаар, Полярнай уонна Уус-Ньара. Бу сыалга регион федеральнай бюджеттан 38,6 млрд солк ылбыта.