23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

2020 сылга сааскы халаан уута элбэх буолара сабаҕаланар

11:32, 25 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйылгы кыстыкка өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар саппааһа олохтоммут нуорматтан 200-250 %-нан элбэҕэ бэлиэтэнэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Чуолаан киин уонна илин эҥэр улуустарга, ону тэҥэ Алдан, Амма уонна Өлүөнэ өрүс үөһэ тардыыларынан.

«Күһүн сир кырсын сиигэ 80 %-ҥа тэҥнэһэр этэ. Онон быйыл сааскы халаан уута элбэх буолара сабаҕаланар. Күн-дьыл туругуттан улахан тутулуктаах, салгын температуратын улахан халбаҥнааһына муус хааттарыытын таһаарыан сөп», — диэн этиллэр.

Сааскы халаан уута куттала суох ааһыытын сэттэ суһал бөлөх хааччыйар буолара бэлиэтэнэр. Быыһыыр сулууспа туһаныытыгар 20 тиэхиньикэ уонна 18 кыра кээмэйдээх суудуна бэриллиэҕэ. Алдан, Нерюнгри, Ньурба, Бүлүү, Сунтаар уонна Орто Халыма улуустарын састааптара толору бэлэмнээхтэрэ этиллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар