Киһи аймах олоҕор буолан ааспыт бары сэриилэртэн саамай улаханнара, алдьатыылаахтара уонна кыа хааннаахтара — Иккис аан дойду сэриитэ — история чахчытыгар кубулуйбута быданнаата. Оннук буоллаҕына да сатанар курдук. Итинник түбэлтэҕэ эрэ, олох салҕанан баран иһэр кыахтаах.
Ол эрээри сэрии киһиэхэ, дьоҥҥо, норуоттарга аҕалар иэдээнин-алдьархайын, сыыйа-баайа да буоллар, умнууга-тэмниигэ хаалларыы, аахайбат сыһыаны олохсутуу – бэйэтэ иэдээни оҥорууга тэҥнээх дьыала. Саҥа алдьархай төрдө ол буолар, онуоха сытар. Киһи барахсан син биир үөрэммэт, кэһэйбэт, умнар айылгылаах…
Быһыы-майгы хайдах этэй?
Гитлер баһылыктаах Германия Сэбиэскэй Сойууска саба түһэригэр 8,5 мөл. киһилээх аармыйалааҕа. Хонуутааҕы сэриилэригэр (5,2 мөл. киһи) 179 сатыы уонна аттаах, 35 мотуордаах уонна тааҥка дибиисийэлээх, 7 биригээдэлээх этэ. Мантан ССРС утары 119 сатыы уонна аттаах (66,5%), 33 мотуордаах уонна тааҥка (94,3%) дибиисийэлэрэ уонна икки биригээдэ кыраныыссаҕа ыкса турбуттара. Маны таһынан, Германия биир сойуустаахтара Финляндия, Венгрия уонна Румыния 29 дибиисийэлэрэ уонна 16 биригээдэлэрэ эмиэ Сэбиэскэй Сойуус кыраныыссатыгар бойобуой бэлэмҥэ туруоруллубуттара. Басыыстыы Германия уонна кини биир куомуннаахтарын сэриилэрин илиҥҥи бөлөхтөрө 5,5 мөл киһилээҕэ, 47,2 тыһ. орудиелааҕа уонна минометтааҕа, 4,3 тыһ. тааҥкалааҕа уонна 5 тыһ. кэриҥэ сөмөлүөттээҕэ. Германия Илиҥҥи сэриини саҕалыан иннинэ, итинник сүүнэ күүһү түмпүтэ.
ССРС сэриигэ бэлэмэ хайдах этэй? Биллэрин курдук, сэбиэскэй Сэбилэниилээх күүстэр бэлэмнэрэ, сэрии саҕаланаары турар кэмигэр, ньиэмэс бойобуой бэлэмиттэн лаппа намыһах этэ.
Сэрии саҕаланарыгар биһиги Сэбилэнилээх күүспүт 303 дибиисийэлээҕэ, ол онтон 198 стрелковай, 13 аттаах, 31 мотуордаах, 61 тааҥка дибиисийэлэрэ этилэр. Мэхэньисээссийэлээх уонна тааҥка дибиисийэлэрэ 29 мэхэньисээссийэлээх куорпустар састааптарыгар киирэллэрэ. 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Кыһыл Аармыйа уонна Муоратааҕы байыаннай флот састааптарыгар 4 мөл. 800 тыһ. байыаннай сулууспалаах баар этэ.
ССРС арҕаа кыраныыссатыгар түмүллүбүт ньиэмэс дибиисийэлэрэ, байыаннай быһыы-майгы бары ирдэбиллэринэн ситэриллэн толоруллубут күүс этэ. Оттон ол күүһү утары туруохтаах сэбиэскэй сэрии холбоһуктарыгар уонна чаастарыгар, киһилэрин састааптара, бойобуой тиэхиньикэлэрэ ырааҕынан ситэтэ суох ахсааннаах этилэр.
Бүтэһиктээх сыыппара дуо?
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Сэбиэскэй Сойуус сүкпүт саамай улахан алдьархайынан, кини дьону сүтэриитэ этэ. Ол кыа хааннаах сэриигэ дойдубут саллааттарын эрэ буолбакка, кырасдааныскай нэһилиэнньэтин кытта сүтэрбитэ. Дьэ, чахчыта кыайыы ыарахан сыананан уонна улахан толугунан кэлбитэ. ССРС уопсай сүтүгэ 26,6 мөл. киһинэн ааҕыллар. Бу бэйэтэ биир орто улахан судаарыстыба нэһилиэнньэтэ буолар. Бу сыыппара, учуонай демографтар ыыппыт киэҥ ыстатыыстыкалаах чинчийиилэрин уонна судаарыстыбаннай хамыыһыйа ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр сэрии сылларыгар дойду киһитин сүтүгүн чуолкайдааһынын түмүктэринэн ылыллыбыта. 1990 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр, Улуу Кыайыы 45 сылыгар анаммыт ССРС Үрдүкү Сэбиэтин үөрүүлээх мунньаҕар, сүтүк ахсаанын «27 мөлүйүөн киһи» диэн төгүрүтэн биэрэн аһаҕастык биллэриллэн турар.
Бу «26,6 мөл. киһи» диэн сыыппараҕа кыргыс толоонугар охтубуттар, бааһырыыларыттан уонна ыалдьан хуоспуталларга, өстөөх концентрационнай лааҕырдарыгар өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр, буомбалааһыҥҥа, артылыарыйанан ытыалааһыҥҥа, эйэлээх олохтоохтору маассабай кыдыйааһыҥҥа түбэһэн өлбүттэр, тыылга хоргуйан, ыарахан үлэттэн суох буолбуттар, Германияҕа хаатырга үлэтигэр үүрүллэн барбыттар уонна дойдуларыгар төннүбэтэхтэр –барылара киирэллэр.
Ыраах Саха сириттэн
Ыраах Саха сирин олохтоохторо, Сэбиэскэй Сойуус бары норуоттарын кытта бииргэ, Аҕа дойду көмүскэлин туһугар боруоҥҥа уонна тыылга бэйэни харыстаммакка туран сэриилэспиттэрэ уонна үлэлээбиттэрэ. Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт буойуннар, сэбиэскэй сэриилэр оборуоналанар уонна стратегическай кимэн киириилээх бары кэриэтэ бөдөҥ эпэрээссийэлэригэр кыттыбыттара уонна хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрин бэргэн ытааччыларынан, бүлүмүөччүктэринэн, хорсун эрэспиэччиктэринэн, артыларыыстарынан, танкыыстарынан, сапердарынан көрдөрбүттэрэ. Саха сириттэн ыҥырыллыбыттартан 25 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ, 5 буойун «Албан аат» уордьан үс истиэпэнин толору хабалыарынан буолбута.
Сэрии сылларыгар Саха сириттэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өйдөбүнньүк кинигэ» дааннайынан, сэриилэһэр аармыйаҕа 62509 киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 26129 буойун кыргыс толоонугар охтубутунан, сураҕа суох сүппүтүнэн, боруон чугаһынааҕы уонна тыыл хуоспуталларыгар өлбүтүнэн ааҕыллар. 22767 киһи тыыннаах эргиллибиттэргэ киирсэр.
Саха АССР-тан сэриилэһэр чаастары толорууга ыҥырыллыбыттар уонна боруоҥҥа утаарыллыбыттар ахсааннарын туһунан бастакы дааннайдар, Саха АССР Байыаннай хамыссырыйаатын 1943 сыл сэтинньи 10 күнүнээҕи өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун бэрэссэдээтэлигэр уонна БРК(б)П уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээригэр иһитиннэриитигэр бааллар.
Оройуон- 1941с.1942 с.1943 с. Барыта
нардааҕы
байыҥкамааттар
ааттара
1. Алдан уокур.
байыҥкамаат 3648 6130 1227 11005
2. Дьокуускай
оройуоннааҕы 6678 6127 3377 16182
3. Чурапчы
оройуоннааҕы 2737 3530 2459 8726
4. Өлүөхүмэ
оройуоннааҕы 2011 2372 811 5194
5. Бүлүү
оройуоннааҕы 1597 2541 1330 5468
6. Ньурба
оройуоннааҕы — — 968 968
7. Ааллаах-Үүн
оройуоннааҕы 508 749 2073 3330
Барыта 17179 21449 12245 50873
Саха АССР Военкома,
подполковник Шмокарев
Уобалас. Военкомат
1 чааһын нач., майор Семенов
Сэрии сылларыгар сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыы, биэс холбоһуктаах байыаннай хамыссырыйааттарынан ыытыллара. Хас биирдиилэригэр үстэн биэскэ диэри оройуон киирэрэ. Холобур, Алданнааҕы байыҥкамаакка Алдан, Томмот, Төмтөөн уонна Учур оройуоннарыттан ыҥырыллыбыттар киирэллэрэ.
Сыыппаралар араастаһаллар
Сэрии кэмигэр боруоҥҥа аттаммыттар ахсааннарын чуолкайдааһынынан, араас сылларга история наукатын хандьыдаата Д.Д.Петров уонна сэрии бэтэрээнэ, история наукатын хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэтээҕи Өйдөбүнньүк кинигэ эрэдээксийэлиир кэллиэгийэтин чилиэнэ П.Н.Токарев дьарыктаммыттара. Бу ааптардар үлэлэригэр 1941 сыл бэс ыйыттан 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри ыҥырыллыбыттар тустарынан дааннайдар араастаһаллар.
Оройуоннар Петров Д.Д. Токарев П.Н.
Амма 1776 1665
Үөһээ Бүлүү 1993 1833
Бүлүү 1988 1786
Горнай 1413 1377
Кэбээйи 1419 1323
Ленскэй 2813 2749
Мэҥэ Хаҥалас 3045 2776
Нам 1184 1116
Ньурба 1881 1821
Өлүөхүмэ 2794 2585
Орджоникид-
зевскай 2540 2412
Сунтаар 2037 1997
Таатта 2341 2281
Токко 324 —
Уус-Алдан 2323 2054
Уус-Маайа 1007 843
Чурапчы 1598 1580
Дьокуускай 1257 1138
Дьокуускай к. 13706 13048
Алдан 6639 6503
Төмтөөн 1862 1840
Томмот 1326 1288
Учур 2091 2056
Ааллаах-Үүн 2996 2920
Барыта 62343 59301
Хос быһаарыы:
«Саха сирин норуоттарын Кыайыыга кылааттара» (1941-1945 сс.). Дөкүмүөннэр уонна матырыйааллар. 1-кы туом». Дьокуускай, 1995». Петров Д.Д. кинигэтэ хаттаан тахсыытыгар, бу дааннайдар, источнигын ыйыыта суох, СГУ доцена, история наукатын хандьыдаата Петров Ю.Д. аан тылыттан бэрилиннилэр. Бу кинигэ 1968 сыллааҕы бастакы тахсыытыгар, сэриигэ ыҥырыллыбыттар тустарынан дааннайдар суохтар.
Токарев П.Н. кинигэтигэр маннык суруйар: «ВОХР» үлэтигэр 1784 киһи, 418 дьахтар ыҥырыллыбыт. Байыаннай хамыссырыйаат отчуотунан 62091 киһи ыҥырыллыбыт. Дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан, Ленинградтан уо.д.а., 1997 сылга чуолкайдаммытынан, 252 киһи ыҥырыллыбыт. Барыта – 62343».
2005 сыллаахха, Кыайыы 60 сылыгар, «Улуу Кыайыы туһугар» фотоальбом тахсыбыта. Ол альбомҥа боруоҥҥа ыҥырыллыбыттар, сэриигэ өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр уонна тыыннаах кэлбиттэр ахсааннарын тустарынан дааннайдар бааллар.
Оройуон- Ыҥыр- Өлбүт. Эргил-
нарынан быттар Сураҕа либит-
суох тэр
Дьок-скай к. 18246 9219 9027
Алдан 11740 4610 7130
Амма 1738 762 976
Үөһээ Бүлүү 1877 1131 746
Бүлүү 1786 836 950
Горнай 886 480 406
Кэбээйи 1082 305 776
Ленскэй 3471 908 2563
Мэҥэ Хаҥ. 3767 1912 1855
Нам 1368 805 563
Ньурба 2697 1152 1545
Өлүөхүмэ 6067 2127 3940
Сунтаар 2430 1590 840
Таатта 1757 832 925
Томпо 356 68 288
Уус-Алдан 2189 1242 947
Уус-Маайа 2899 1245 1654
Чурапчы 2237 928 1309
Хаҥалас 2194 1134 1060
Барыта 68787 24455 37500
Саха сирэ сэриигэ дьонун сүтүгүн туһунан бу маннык араастаһар дааннайдар бааллар. Сэрии сылларыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ кыччааһынын туһунан кырдьыктаах сыанабылы ылар инниттэн, демографическай ыстатыыстыкаҕа сигэниэҕиҥ.
Тыа сирин дьоно-сэргэтэ улахан охсууну ылбыта
Сэрии сылларыгар нэһилиэнньэ ахсаанын хамсааһына (сыл саҕаланыыта, киһи)
Сыл. Нэһил-ньэ Ол иһигэр %-нан
барыта куорат тыа куорат тыа
сирэ сирэ
1941 413125 111564 301564 27,0 73,0
1942 416100 139700 276400 33,6 66,4
1943 405900 146500 259400 36,1 63,9
1944 374900 155200 219700 41,4 58,6
1945 357494 146200 211294 40,9 59,1
Табылыыссаттан көстөрүн курдук, сэрии сылларыгар тыа сирин нэһилиэнньэтэ улахан охсууну ылбыт. Ол курдук, 90,3 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт, ол эбэтэр 29,9%-нан кыччаабыт. Тыа сирин нэһилиэнньэтэ эмискэ уонна күүскэ аҕыйааһыныгар, эр дьону сэриилэһэр аармыйаҕа ылыы, тыылга олохтоох нэһилиэнньэ — холкуостаахтар, оҕолор уонна кырдьаҕастар ортолоругар — хоргуйууну, күүһү таһынан үлэни уонна эмтээһин мөлтөҕүн кытта сибээстээх маассабай өлүү-сүтүү тахсыыта сүрүн төрүөтүнэн буолбута.
СӨ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба Александр Калашников суруйуута.