27 Муус устар 27.04
  • -2°
  • $ 92,01
  • 98,72

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүһү туоруур муус суол бэҕэһээ сабылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ киэһэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан «Бүлүү» эбэни туоруур суол сабыланна.


«Бэҕэһээ Күрдьэҕэлээҕинэн, Музей аннынан, Кэлтэгэйинэн уонна Түгэхтэйинэн эбэни туоруур суоллар сабылыннылар. Өрүскэ уу элбээбит, муус чарааһаабыт. Ол иһин маннык быһаарыы ылылынна. Онон олохтоммут суол бобуутун тутуһалларыгар олохтоохторго иһитиннэриилэр ыытылыннылар«, — диэн эттилэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин дьаһалтатыгар.

Санатар эбит буоллахха, күн-дьыл туругуттан көрөн федеральнай суолларга хабыллар муус суоллары сабыы бу ый 14 күнүттэн саҕаламмыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА