«Земский доктор» уонна «Земский фельдшер» бырагыраамаларга 2023 сылга 6,5 тыһыынча медик кыттыыны ылла, икки тосхолу 2030 сылга диэри уһаталлар, ол туһунан премьер-миниистир Михаил Мишусти Госдуумаҕа отчуокка эттэ, суруйар РИА Новости.
«Кадр тиийбэтин боппуруоһун быһаарыыга «Земский доктор» уонна «Земский фельдшер» бырагыраамалар үлэлииллэр. Бырагыраамалар үлэлэрэ 2030 сылга диэри уһаата», — диэтэ Мишустин.