22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Земскэй дуоктар". Аартыка улуустарыгар 187 быраас үлэлии тиийдэ

17:01, 11 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сылга тыа сиригэр баран үлэлиир «Земскэй быраастарга» көрүллэр харчы үрдээн, 2 мөл солкуобайга тэҥнэспит, фельдшердарга — 1 мөл солк. Кыра куораттарга барар медиктэргэ төлөбүр уруккунан хаалбыт (быраастарга 1 мөл солк, фельдшердарга — 500 тыһ солк).


«Быйыл барыта 275 мөл көрүллүбүтүн 155 исписэлиискэ — 123 бырааска, 22 фельдшерга тыырабыт», — диир Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ Вера Аржакова.

2012 — 2020 сылларга Саха сиригэр «Земскэй доктор» бырагырааманан 894 исписэлиис, ол иһигэр 682 киһи тыа сиригэр, 171 куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ, 41 кыра куораттарга үлэлии тиийбиттэр. «Земскэй фельдшер» бырагырааманан 66 киһи хабыллыбыт. Аартыка улуустарыгар барыта 187 быраас, 16 фельдшер тиийбит. Итинтэн 79%-нара болдьохторун кэннэ салгыы үлэлии хаалбыттар.

Дойду атын субъектарыттан сыллата 15-20% исписэлиистэр кэлэллэр. Ол курдук бүтэһик сылларга Саха сиригэр Тыва, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Саратовскай уобаластан, Красноярскай кыраайтан үлэһиттэр кэлбиттэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА