21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Юрий Трутнев: ВЭФ-2024 тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии саҕаланна

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Вице-премьер Юрий Трутнев IX Илиҥҥи экономическай пуорумҥа бэлэмнэниигэ бастакы мунньаҕы ыытта. Пуорум бэбиэскэтигэр баар сүрүн тиэмэлэр – сайдыыга технологиялар, транспортнай инфраструктура сайдыыта,  энергетическай систиэмэ модернизацията.

«Биһиги бу пуоруму сайдыыга, кэлэр өттүгэр технологияларга аныыбыт. Биһиги оҥорон таһаарыыларбыт эбии кыахтары экономика уонна социальнай эйгэ сайдыытыгар биэрэр уонна биһиги дойдубут технологическай суверенитетын оҥорор. Уһук Илиҥҥэ көхтөөхтүк саҥа инновационнай оҥорон таһаарыылар ыытыллаллар. Уһук илиҥҥэ бизнеһи өйүүргэ дьаһаллар бааллар, нолуокка тиийэ, саҥаттан саҥа өйөбүл миэрэлэрэ ылылаллар. Ол туһунан биһиги быйылгы пуорумҥа кэпсэтиэхпит. Атын тиэмэлэр эмиэ дьүүлгэ таһаарыллыахтара, ол иһигэр транспортнай инфраструктура уонна Илиҥҥи полигону кэҥэтии, мантан дойдубут бүгүҥҥү экономиката тутулуктаах, энергетика сайдыыта уонна саҥа генерирующай күүстэри сайыннарыы», – диэтэ Юрий Трутнев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА