РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сорудаҕынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, инники кирбиигэ байыастарга көлөлөр, наадалаах мал-сал, о.д.а. тиэрдилиннэ.
Гуманитарнай көмөҕө «Патриотическая» ТОР Уһук Илиннээҕи бородууксуйалара бааллар. «Билиҥҥи усулуобуйаҕа тэрили саҥардан оҥоруу ирдэнэр. Байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар туттуллар тиэхиньикэҕэ, робототехиэньикэҕэ эмиэ. Бүгүн байыаннай дьайыыга саҥа тэхиньиичэскэй сириэстибэлэр туһаныллаллар: матасыыкыллар элбэхтик туттуллар буоллулар. Онон туох оҥоһуллар кыахтааҕынан көрөн бары дьарыктаналлар. Маннык үлэлэр хас да эрэгийиэҥҥэ ыытыллаллар. Уһук Илин тэрилтэлэрэ байыастатрга көмөлөһөргө күүскэ туруннулар. Уһук Илин инники кирбиигэ сылдьар байыастарга көмөлөһөр. Маннык өйөбүл Кыайыыга диэри салҕаныа», — диэн этэр Юрий Трутнев.
Байыастарга снайпер кэмпилиэктэрэ, БПЛА булар уонна суох оҥорорго туттуллар тэриллэр, кэтээн көрөр, түүн көрөр тэриллэр, уо.д.а. бэрилиннилэр. Байыаннайдар УАЗ массыыналары, «Сокол» хаарынан, бадараанынан сылдьар көлөлөрү туттулар. Маннык тиэхиньикэ үчүгэйэ бэлиэтэнэр, суруйда СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт