Россия үөрэнээччилэрин астарын рационугар балык сыатын эбии туһунан рациону Уһук Илиҥҥэ президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев эттэ.
Көҕүлээһини промышленность уонна атыы-эргиэн миниистирэ Денис Мантуров өйөөтө.
Билигин исписэлиистэр быһаарыыларын күүтэллэр, чуолаан кинилэр маннык «биодобавка» оҕо доруобуйатыгар туһалааҕын этиэхтээхтэр.
Омега-3 порциятын сарсыардааҥы аска, төрөппүттэн көҥүллээх, Камчатка 32 тыһ үөрэнээччитэ ылар. Күһүҥҥүттэн онно «Растем здоровыми» бырагыраама үлэлиир. Кыраай бырабыыталыстыбата балык сыатын олохтоох оҥорон таһаарааччыттан ылар – Тымлатскайдааҕы балык кэмбинээтиттэн.
Камчатка чинчийиитинэн Омегаҕа күөх уот бэрилиннэҕинэ, Юрий Трутнев дойду үөрэҕин министиэристибэтин кытта тус кэпсэтии ыытыаҕа. Онно Россия үөрэнээччилэрэ бука бары уһук илиҥҥи балык сыатын күннээҕи астарын кытта ылалларыгар сорук туруоруохтара.