Биир сарсыарда «ыттар саба түстүлэр» диэбитинэн, аҕам саастаах дьахтар «Саха сирэ» хаһыат редакциятыгар көтөн түстэ. Куорат 17-с кыбартаалыгар ыттар саҕынньаҕын хайыта тыыппыттар. Дьолго, бэйэтин ытырбатахтар. Мантан саас бу кыһалҕа эмиэ сытыырхайыа турдаҕа.
Агафья Кычкина, биэнсийэлээх:
— 9 чааһы ааһыыта сиэммин оҕо уһуйааныгар атааран баран төннөн иһэммин, утары биэс ыт иһэрин улаханнык аахайбатым. Куруук сылдьар сирим буолан, ааһыахтара дии санаан, туораан биэрдим. Аасыһааппытын кытта, кэннибиттэн саба түстүлэр. Аны илиибэр тугум да суох. Суол нөҥүө биир эр киһи хаһыытыырбын истэн, эмиэ хаһыытыы сатыыр даҕаны, массыыналар тыастарыгар туох да иһиллибэт. Массыыналар ааһааттарын кытта, киһим наһаа улаханнык хаһыытаан бытарыппытыгар, дьэ, улахан ыт тэйдэ. Онтон бары батысыһан бара турдулар. Атахпын, хата, тыыппатылар. Ол киһи суоҕа буоллар, миигин охтороллор эбит. Наһаа сэрэхтээх.
Чуо хаһаайыннаах, эмис-тот ыттар. Сарсыарда ыытан баран, киэһэ баайаллар быһыылаах. Дьэллик ыт тута түспэт, киһиттэн куттанар, бастаан чуҥнаан көрөр. Хаһаайыннаах ыттар саба түһэллэрэ соһуччу буолар эбит. Бүтүннүү хайыта тыыталлар. Баһылык Айсен Николаев талыллыбыт сылыгар ыт кырдьык аҕыйаабыта, кэлин эмиэ элбээтилэр…
Күн аайы 2-3 киһини ытыраллар
Ыкка ытырыллыбыт киһини «скорайдар» Дьокуускайдааҕы суһал көмө киинигэр (Петр Алексеев уул., 64/1) илдьэллэр. Күҥҥэ 2-3 киһи ыкка ытыртарар буоллаҕына, ыйга – 60-ча, оттон сылга – 1200 киһи! Холобур, 2015 сыллаахха 1964 киһи ыкка ытырыллыбытыттан 620-тэ — 14-гэр диэри саастаах оҕо.
Игнат Семенов, Дьокуускайдааҕы суһал көмө киинин травматолог-бырааһа:
— Күн устата ортотунан иккилии-үстүү киһи ыкка ытыртаран биһиэхэ кэлэр. Саас биллэ элбиир. Ол эрээри улаханнык эчэйбит киһи биирдэ эмит көстөр. Үксүн кырдьаҕастар, кыра оҕолор, дьахталлар түбэһэллэр. Биһиги эмтиибит уонна тута ыт ыарыытыттан быһыы туруорабыт.
Дьэлликтэргэ биир эрэ приют баар
Дьокуускай куоракка дьэллик ыттары уонна куоскалары быстах кэмҥэ тутар сир (Очиченко уул. 57 №-дээх дьиэтигэр) үлэлиир. Манна дьиэ кыылларын аһаталлар, эмтииллэр уонна хаһаайын булан биэрэллэр. Билигин манна 200-тэн тахса ыт, куоска баар эбит. 200 миэстэлээх питомник Дьокуускай куоракка кыра курдук.
Максим Львов, Быстах кэмҥэ кыыллары тутар пуун салайааччыта:
— Биһиги дьоҥҥо саба түһүөх айылаах эбэтэр олох сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт кыылы өлөрөбүт. Атыттарга хаһаайын көрдүүбүт. Сылы быһа үлэлиибит. Дьэллик ыттар ханна баалларын диспетчерскэй пууҥҥа тыллаатахтарына, онно биһиги биригээдэбит тиийэн тутаттыыр уонна манна аҕалар. Боруода ыттар суохтар. Арай, биирдэ эмит кавказскай овчарка курдук сэдэх боруода түбэһээччи. Дьокуускай куоракка кыччаабыта 500 миэстэлээх киин наада. Билигин тэрилтэбитин улаатыннарарга үлэлэһэ сылдьабыт.
— Ыттары тутууга олохтоох дьон кыттыһыахтарын сөп дуо?
— Биһиэхэ баҕалаах дьон кыыллары көрөргө-истэргэ волонтер эрэ быһыытынан көмөлөһүөхтэрин сөп. Оттон тутаттыыр биригээдэҕэ анал үөрэхтээх, сааны тутар бырааптаах дьон үлэлиир.
Улуустарга хайдаҕый?
Тыа сиригэр балаһыанньа хайдаҕын билээри Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгин баһылыгын кытта кэпсэттибит. Тиэлигигэ дьэллик ыттары быстах кэмҥэ тутар сири арыйа сылдьыбыттар. Манна уон хонук тутан баран, хаһаайын көстүбэтэҕинэ, өлөрүөхтээххин. Олохтоох киһи бэйэтэ тылланан дьарыктана сылдьан баран, тохтообут эбит. Хаһаайыттартан «ыппын өлөрөөрү гыммыккын» диэн кырбана сыспыт. Бу ньыма тыа сиригэр соччо табыгаһа суох курдук.
Михаил Денисов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгин баһылыга:
— Нэһилиэккэ билигин даҕаны 40-50 ыт мээнэ сылдьар. Дьон иитэн баран, ыытан кэбиһэр. «Уулуссаҕа хаамтарбаттар, оҕолору куттууллар, сэрэхтэннилэр» диэн нэһилиэнньэ үҥсэн-харсан, депутаттар мунньахтарыгар «дьаһайталыахха наада» диэн быһаарбыппыт. Тохсунньуга биллэрии таһааран, салгын саатынан ыттары сойуолаһа сылдьабыт. Урукку курдук бултуур саанан мээнэ ытыалыыр сокуонунан бобуллар. Сааны анаан сакаастаабыппыт. Олохтоохтор аҕалан туттараллар, биирдии ыкка 500 солк. бириэмийэ биллэрбиппит. Олунньуга уонча ыты өлөрдүбүт. Кулун тутарга, «сыбаайбалыахтарын» иннинэ дьэлликтэри дьаһайар санаалаахпыт.
Дьон эмсэҕэлиирэ тохтообот
Санатан эттэххэ, былырыын тохсунньуга Дьокуускай ГРЭС оройуонугар 57 саастаах дьахтарга уонна кини сиэнигэр ыттар саба түһэн, иккиэннэрин улаханнык эчэппиттэрэ. 2014 сыллаахха 14 уонна 15 саастаах уолаттар дьэллик ыкка ытыртарбыттара. Бу сыл олунньутугар Нерюнгри оройуонун Беркакит бөһүөлэгэр 9 саастаах уолу хас да ыт ытырбыта. Дьолго, тыыннаах хаалбыта. Оттон Тиксиигэ 9-таах кыыс киэһэ оскуолаттан дьиэлээн иһэн ыттарга түбэһэн, суорума суолламмыта…
Билигин Дьокуускайга приют баар буолан, дьэллик ыттар аҕыйаабыкка дылылар. Оттон идэлээх дьон этэринэн, хаһаайыннаах эмис-тот ыттар ордук кутталлаахтар.
Дьэллик даҕаны, хаһаайыннаах даҕаны ыттар кыһалҕалара дьонтон тутулуктааҕын умнумуохха.
Тыллааҥ:
Мантан саас уулуссаҕа үөрүнэн сылдьар ыттары көрдөххүтүнэ, диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэн тыллааҥ. 44-42-29 нүөмэргэ. Сулууспа 24 чаас тохтоло суох үлэлиир. Оччоҕуна бу ыттары анал биригээдэ тиийэн приюкка илдьэр. Эбэтэр үҥсүүгүтүн олорор аадырыскытынан дьаһалтаҕа тиэрдиэххитин сөп.