24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, булчуттар уонна балыксыттар, булт хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ!

09:09, 07 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибин!


Саас кэлэн, күммүт уһаата, халлааммыт сылыйда. Эр дьон сааскы булка, кустуу, хаастыы бараары тэринэн эрэллэр. Бу биһиги төрүт үгэспит.

Сааскы күн тахсыытын, чыычаах ырыатын-тойугун, хотугу айылҕа уһуктар дьикти кэрэ көстүүтүн киһи тылынан кыайан эппэт, тиэрдибэт.

Булт абылаҥа биһиги эппитигэр-хааммытыгар, сүрэхпитигэр-быарбытыгар иҥэн сылдьар. Хотугу кыраайбытыгар олорор норуоттар былыр тайҕаҕа, туундараҕа, элбэх бултаах-алтаах, мэччирэҥнээх сирдэринэн тарҕанан олорбуттара. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, суор үөрэр диэн этэр саха өһүн хоһооно. Кырдьыга оннук. Урут уол оҕону булка уһуйалларын тэҥэ ийэ айылҕаны, тыынар тыыннааҕы таптыырга, харыстыырга үөрэтэллэрэ, олох суруллубатах сокуонун тутуһалларыгар такайаллара. Ол суруллубатах быраабылалар билигин да бааллар.

Булчуттар норуот төрүт үгэһин уонна дьарыгын илдьэ сылдьар, ону көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык дьоммут. Бүгүн аан дойдуга улахан уларыйыылар тахса турдахтарына, бу сүүнэ суолталаах. Онон Булчут күнэ биһиэхэ көннөрү булчут-алчыт, түүлээхсит эрэ бырааһынньыга буолбатах, бу Саха сирин норуоттарын култуураларыгар, духуобунастарыгар анаммыт тэрээһин.

Булчут бырааһынньыгын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ муус устар 4-7 күнүгэр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара “Саха сирэ 2018” диэн булчут ыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи экстерьернэй быыстапкаларыгар сылдьыахтарын сөп, “Байанай” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии, “Булчут сэһэнэ” куонкурус түмүктэрин көрүөхтэрин сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтигэр төгүрүк остуол ыытыллыаҕа, онно 2018-2022 сылларга саҥа экэнэмиичэскэй усулуобуйаҕа Саха сиригэр булт сайдыытын былаанын бырайыагын дьүүллэһиэхпит. Ону тэҥэ Дьокуускайга “Саха сиригэр булт уонна туризм” диэн быыстапка-дьаарбаҥка тэриллиэҕэ. Муус устар 7 күнүгэр Саха театрыгар буолар Булчут күнүн үөрүүлээхтик сабыы киэһэтигэр “2018 сыл өрөгөйдөөх кэмэ” фото-куонкурус уонна да атын тэрээһиннэр түмүктэрэ тахсыаҕа.

Өссө төгүл барыгытын бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин, олоххутугар уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри, Баай Байанай булду тосхойо турарыгар баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА