Сайдыы уонна Арктика министиэристибэтин баһылыга Алексей Чекунков Илиҥҥи экономическай форумҥа Японияттан уонна Соҕуруу Кореяттан делегациялар кэлиэхтэрэ диэн сонуну СИА “РИА-новостига” сигэнэн иһитиннэрдэ.
«Тас дойдуларга доҕоттордоохпутун билэбин, кинилэр аҕыйаҕа суохтар. Японецтар, Корея дьоно уонна да атын дьон уонунан сылы быһа хааччахтаммыт суверенитет усулуобуйатыгар олороллор, ол эбэтэр кэккэ быһаарыылар кинилэринэн буолбакка, кинилэр дойдуларыгар ылыллыбакка, кинилэргэ сигэммэккэ, кинилэр норуоттарын интэриэстэригэр оҥоһуллубат», — диэтэ кини.