22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 5 күнэ. Саха норуотун улуу учуутала Михаил Алексеев туһунан Бикипиэдьийэҕэ аах

09:01, 05 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 5 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, аан дойдуга акушер күнэ. Хас биирдии киһи күн сирин көрөрүгэр абырал-өрөһүлтэ буолар дьоммутугар итии-истиҥ эҕэрдэ. Бу күн 1917 сыллаахха ССРС народнай учуутала, ньиэмэс концлааҕырыгар уонна сэбиэскэй хаайыыга олорбут, ол эрээри санаатын күүһүнэн ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ сүдү чыпчааллары дабайбыт Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ.


🔹1260 — Чыҥыс Хаан сиэнэ (Бөртөттөн кыра уолун Толуй уола) Хубилай Моҕуол импиэрийэтин Улуу хаана буолар. Бу хаан саҕана Моҕуол импиэрийэтэ муҥутуурдук улаата сылдьыбыта.

🔹1494 — Колумб Ямайка арыыны арыйбыт.

🔹1849 — Фёдор Достоевскай атын петрашевецтэри кытта Антонелли диэн провокатор үҥсүүтүнэн тутуллан Петропавловскай кириэппэскэ угуллар. Кэлин суут 21 киһини өлөрөргө уураахтаабыта (ол иһигэр Ф. М. Достоевскайы, ол эрээри суруйааччы бириигэбэрэ толоруллуон аҕай иннинэ көскө ыытыыннан солбуллубута). Бу түгэн суруйааччы айар үлэтигэр уонна олоҕор улахан дьайыылаах буолбута.

🔹1949 — Европа Сэбиэтэ тэриллибит.

🔹1942 — Дьокуускай куоракка «Центральнай» (ол саҕана «Детскай» диэн ааттааҕа) киинэ тыйаатыра аһыллыбыт.

Төрөөбүттэр:

🔸1818 — Карл Маркс төрөөбүт, ньиэмэс бөлүһүөгэ уонна бэлиитигэ, коммунизм түөрүйэтин айбыт киһи.

🔸1915 — Дионисий Турантаев (05.05.1915—10.10.1956) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха өрөспүүбүлүкэтэ бастакы пятилеткаларга хайдах сайдыбытын чинчийбитэ.

🔸1917 — Михаил Алексеев, ССРС народнай учуутала, Саха АССР уонна РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан СӨ Илин бириэмийэтин лауреата төрөөбүт (өлб. 1995). Бу киһи уоттаах сэриигэ сылдьыбыта, ньиэмэс концлааҕырыгар уонна сэбиэскэй хаайыыга олорон тахсыбыта, ол эрээри санаата күүһүнэн үлэлээн сүдү чыпчааллары ситиспитэ, аата бүтүн Сойууска дуорайбыта.

🔸1926 — Георгий Сыромятников (05.05.1926—02.02.1991) — литэрэтиирэни чинчийэр учуонай, литэрэтиирэни ырытааччы. Социалистыы реализм саха литэрэтиирэтигэр диэн тиэмэҕэ 1968 сыллаахха диссэртээссийэтин көмүскээбит.

🔸1964 — Сергей Ларионов, «ЛОРП» ААО генеральнай дириэктэрэ.

Өлбүттэр:

🔹1821 — Франция императора Наполеон Бонапарт быстыбыт.

🔹1952 — хомуньуус баартыйа Саха сиринээҕи диэйэтэлэ Сэмэн Сюльскай. Кинини өлөрүү элбэх сураҕы-садьыгы күөдьүппүтэ.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Алексеев_Михаил_Андреевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Халыып:Бу_күн:05-05

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сюльскай_Семён_Семёнович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Турантаев_Дионисий_Тимофеевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Акушер_күнэ

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сыромятников_Георгий_Саввич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА