21 Олунньу 21.02
  • -26°
  • $ 88,51
  • 92,48

Ыал буолан өр олорбут дьоҥҥо сокуонунан мэктиэлэммит төлөбүр баар буолуоҕа

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Госдуумаҕа ыал буолан өр олорбуттарга төлөбүр туһунан сокуон барылын киллэриэхтэрэ. Докумуоҥҥа сурулларынан, ыал официальнай эр-ойох буолууларын туһунан туоһу суруктаах буолуохтаахтар. 30 уонна онтон элбэх сыл олорбуттара учуоттанар.

Ол туһунан Госдуумаҕа үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ, бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, ЛДПР баартыйаттан Ярослав Нилов эттэ.

Этиигэ олоҕуран, биир кэмнээх төлөбүр үбүлүөйдээх сылларыгар көрүллэр: 30 тыһ солк — 30 сыл бииргэ, 40 тыһ солк — 40 сыл бииргэ, 50 тыһ солк — 50 сыл бииргэ, 60 тыһ солк — 60 сыл бииргэ уонна 70 тыһ солк — 70 сыл бииргэ олорбуттарга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА