Билиҥҥитэ хоту улуустарга социальнай суолталаах табаардары тиэйиинэн дьарыктанар «Якутоптторг» уонна «Туймаада агроснаб» тэрилтэлэр кэлэр сылтан холбоһон, Арктикатааҕы продовольственнай хампаанньаҕа кубулуйуохтара. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев иһитиннэрдэ.
Арктикатааҕы продовольственнай хампаанньа кэлэр сыл тохсунньутугар тэриллиэ. ««Якутоптторг» уонна «Туймаада агроснаб» тэрилтэлэри холбооһун үлэтэ балтараа сыл барда. Юридическэй бэрээдэк барыта тутуһулунна. Кэлэр нэдиэлэҕэ «Туймаада агроснаб» тэрилтэ үлэтин тохтотор», — диэтэ Василий Афанасьев.