2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа 2 — 12 саастаах оҕолорго анаан чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда. Тэрилтэ пресс-сулууспата суруйарынан, тохсунньу бүтүөр диэри көтүүлэргэ маннык 1600 билиэт атыыланна.
Чэпчэтии «Якутия» АХ ис хайысхаларыгар бары тарыыпка көрүллэр, бизнес-кылаастан уратыга. Чэпчэтии субсидиялаах билиэттэргэ көрүллүбэт, бэлиэр чэпчэтиилээх билиэттэр буолалларынан.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитинэн, оҕолор билиэттэригэр 50% чэпчэтиини «Полярные авиалинии» уонна «Алроса» АХ эмиэ биэрэллэр.
Санаттахха, Россия президенэ Владимир Путин ахсынньыга элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх авиабилиэттэри көрөр туһунан боппуруоһу бырабыыталыстыба быһаарарыгар сорук туруорбута.