Саха сирин дьоно-сэргэтэ ыһыаҕы күүтэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Маныаха ыһыахтар күннэрин быһаарарга улуустарга балаһыанньа, өрөбүллэр уонна үлэ күннэрэ учуоттаналлар, онтон ыһыах хаһан буолара былааннанар.
Ол курдук, Абый улууһугар ыһыах бэс ыйын 14 күнүгэр, Алдан оройуонугар бэс ыйын 12 күнүгэр былааннанан тураллар. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ, Үөһээ Халымаҕа, Нерюнгрига уо.д.а. улуустарга бэс ыйын 20-25 күннэригэр ыһыахтыахтара. Аммаҕа, Анаабырга уонна Булуҥ улууһугар бэс ыйын 21 күнүгэр былааннанна. Дьокуускайга бэс ыйын 28-29 күннэригэр ыһыахтыахпыт.
Ураты болҕомто С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылынан ыытыллар ыһыахха уонна Нерюнгрига буолар Олоҥхо ыһыаҕар уурулунна.
Ыһыахтар ханна, хаһан буолалларын сиһилии манна киирэн көрүҥ.