Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыровтуун көрүстэ. Креативнай индустрия, алмаас промышленноһын, инвестиция киллэрии туһунан кэпсэттилэр.
«Креативнай индустрияҕа 45 тыһ тахса киһи үлэлиир. Салаа сайдарыгар оҕону үөрэтиигэ цифровой кииннэри арыйабыт, инфраструктураны кэҥэтэбит. «Квартал труда» кластер арылынна, манна анимация, киинэ, медиа, дизайн, цифровой контент сайдыытыгар усулуобуйа тэрилиннэ. Саха сирэ 2022 сыллаахха «Креативный регион года» номинацияҕа кыайбыта үлэ саамай үрдүк таһымҥа барарын туоһулуур», – диэтэ Айсен Николаев.
Ол туһунан Вячеслав Штыров эмиэ эттэ. «Биһиэхэ кырдьык кыах баар, үгэстэргэ, куотуураҕа тирэҕирэн, уруһуй искусствотын, киинэни, IT-технологияны сайыннарыыга», – диэтэ кини.
Патриотизм тиэмэтигэр кэпсэттилэр, ыччаты иитигэ. Дьокуускайдааҕы уонна Чернышевскайдааҕы кадет училищеларын сайыннарыыга тохтоотулар.
Алмаас промышленноһын, инвестиция боппуроустарын эмиэ дьүүллэстилэр. «Бүгүн биһиги кэпсэппиппит кэлэр биэс сыл соруктара. Барыта былааны ирдиир. Үөрдүм, Айсен Сергеевич Саха сирин баһылыгын быыбарыгар кыттар буолбутугар. Биир өттүнэн, эдэр уонна энергичнай, иккис өттүнэн, улахан уопутттаах», – диэтэ Вячеслав Штыров.