"ВТБ" дьоҕус уонна орто бизнескэ счету босхо арыйыаҕа

«ВТБ» бааҥҥа бастакы счеттарын арыйар дьоҕус уонна орто тэрилтэлэргэ босхо арыйар кыаҕы биэриэҕэ. «ВТБ» аахсыйатын чэрчитинэн үс ый чэпчэтиилээх өҥөнү оҥоруохтара. Ол курдук, итиннэ счету босхо арыйыы, харчыны хамыыһыйата суох ыытыы киириэҕэ.

Биһиги бэйэбит бородууктабытын уонна өҥөлөрбүтүн куруук тупсарабыт уонна килийиэннэрбитигэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийэбит”, — диэтэ «ВТБ» баан бырабылыанньатын бэрэсидьиэнин-бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Бортников.

СИА.

This post was published on 27.04.2018 12:27 12:27