Социальнай хантараак бырагыраамата салгыы үлэлиэҕэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бэйэ дьыалатын тэринэр дьон социальнай хантараагы түһэрсэллэригэр  мөлүйүөн аҥара солкуобайы ылар бырагыраамаларын Саха сирин олохтооро хото туһанар буоллулар.
Социальнай хантараагынан таҥас тигиитигэр бэйэ дьыалатын арыммыт дьахтар «Бу олус туһалаах бырагыраама салгыы үлэлиэ дуо?» диэн Ил Дархан Айсен Николаев «быһа холбонуутун» кэмигэр ыйытта.
— Элбэх киһи бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир. Соцхантараак сүрүннээн үлэлээбэт биэнсийэлээх дьоҥҥо туһаайыллар. Кинилэр хантараагы 12 ыйга диэри бэйэ дьыалатын  эбэтэр кэтэх хаһаайыстыбаны тэрийиигэ түһэрсиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама үгүс дьону өйөөтө, онон салгыы үлэлиэҕэ, — диэн Ил Дархан Хаҥалас улууһун Покровскайыттан ыйытааччыга хоруйдаата.

This post was published on 26.04.2024 15:35 15:35