«История в кадрах»: Аҕа дойду улуу сэриитигэр тыылга кыайыыны уһансыбыттар

Хаартыска: Видеоттан стоп-кадр

Аҕа дойду улуу сэриитэ дьон дьылҕатын уларыппыта. Мөлүйүөнүнэн ыал арахсыы ыар тыынын билбитэ. Оччолорго почта эрэ бэйэ-бэйэни кытта сибээс тутарга, сүтэрсибэккэ сылдьарга көмөлөһөрө.

Кэмбиэр тиийбэтэ, фронтан үс муннук суруктар кэлэллэрэ. Ол хас биирдиитэ — реликвия.

Алданнааҕы история-кыраайы үөрэтэр музейга фроҥҥа барбыт олохтохтор суруктара харалла сыталлар.

«История в кадрах» бырайыак историяны кэпсиир.

This post was published on 06.05.2024 17:01 17:01