Быыбардааччы үгүс ахсаана президент быыбарыгар бэйэтэ туруоруутунан кандидат Владимир Путины өйүүр санаалаах.
ВЦИОМ, ФОМ уонна ИНСОМАР нэһилиэнньэ ортотугар ыйытыы оҥордулар, онно биллибитинэн Путиҥҥа 80,2% — 82% респондент куолаһын биэрэрин биллэрбит.
Чуолаан, ВЦИОМ — 82%, ИНСОМАР — 80,2%, ФОМ — 80,8% көрдөрбүттэр.
Атын кандидаттарга регион аайы араастаһар. ИНСОМАР дааннайынан, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка үрдүк рейтинг Леонид Слуцкайга баар, Николай Харитоновка – хотугулуу-илиҥҥи региоҥҥа, Владислав Даванковка – киин региоҥҥа.