22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Владимир Путин "Уһук Илиҥҥи ипотеканы" уларытарга сорудахтаата

13:01, 19 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа президенэ Владимир Путин «Уһук Илиҥҥи ипотеканы”, региоҥҥа 5 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит оскуола уонна колледж учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ, быраастар туһаналларын туһугар, уларытарга сорудахтаата.

Чэпчэтиилээх ипотека бырагырааммата Уһук Илин уокурукка 2019 сыл ахсынньытыттан үлэлиир. Бу бырагырамманан, 36 саастарын туола илик эдэр кэргэнниилэр кыбартыыра, дьиэ ылыналларыгар чэпчэтиилээх кирэдьиит бэриллэр. Оҕолоохторо, оҕолоро суоҕа оруола суох. Толорута суох дьиэ кэргэн (оҕо уонна 36-тын туола илик төрөппүт). “Уһук Илин гектарын” хаһаайына (сааһыттан, дьиэ кэргэниттэн тутулуга суох). Дьиэни ылбыт гектарыгар эрэ туттара көҥүллэнэр.

«Идэлээх үлэһиттэр уһуйаан, орто уонна анал үөрэх тэрилтэлэригэр, Уһук Илин региоҥҥа биэс сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буоллахтарына, чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэргэ, тустаах уларытыыны бырагырааммаҕа киллэриҥ», — диэн  Арассыыйа бырабыытылыстыбатын сорудахтаата. Бу туһунан Кириэмил сайтыгар суруйаллар.

Маны таһынан, чэпчэтиилээх ипотеканы доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр, быраастарга эмиэ биэриэхтэрэ. Бу үлэһиттэргэ чэпчэтиилээх ипотека саастарыттан уонна кэргэннээхтэриттэн, оҕолоохторуттан тутулуга суох бэриллиэҕэ.

Сорудаҕы кабмин сэтинньи маҥнайгы күнүгэр диэри толоруохтаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА