Саха сириттэн үөрэҕин бүтэрэн баран, Абый улууһугар үлэлээбит эдэр исписэлиис Арктическай улуустарга туһааннаах исписэлиистэр тиийбэттэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, кини Хабаровскайга экэнэмиичэскэй үрдүк үөрэх кыһатыгар юрист идэтин баһылаан кэлэн баран, Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр ананан тиийбит. Онтон ыаллыы Муома улууһугар үлэлээн баран, дуогабара бүппүтүн кэннэ Дьокуускайга көһөн кэлбит. «Биллэн турар, араас бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ ыччат дьон үлэлиэхтэрэ. Онон кинилэри хайаан да өйүүр наада», – диэн санаатын үллэһиннэ эдэр исписэлиис.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин: «Ыраах хотугу оройуоҥҥа үлэлээбит киһи бэрт сөптөөхтүк туруорсаҕын. Эн этиигин өйүүбүн. Кырдьык, улахан бырайыактары олоххо киллэриигэ араас идэлээх эдэр исписэлиистэр наадалар. Онон биһиги кинилэри хайаан да өйүөхпүт», – диэн бэлиэтээтэ.