8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Владимир Путин цифровой солкуобайы киэҥ эйгэҕэ тарҕатар наадатын эттэ

12:35, 18 июля
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду экэниэмикэтигэр цифровой солкуобайы өссө киэҥник туһанар наадалааҕын эттэ.

«Билигин аныгыс хардыынан экэниэмикэҕэ, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ уонна үп-харчы эйгэтигэр цифровой солкуобай толору киэҥ эйгэҕэ киириитигэр көһүөхтээхпит», — диэн судаарыстыба Баһылыга экэнэмиичэскэй боппуруостарга сүбэ мунньахха иһитиннэрдэ.

Владимир Путин ордук болҕомтотун былырыын атырдьах ыйыгар Киин баан үлэҕэ киллэрбит пилотнай бырайыагар  уурда. «Дьиҥинэн, бу биһиги национальнай харчыбыт өссө биир көрүҥэ буолар. Уратыта диэн биирдиилээн дьон уонна урбаанньыттар ханнык да баантан тутулуга суох цифровой солкуобайы туһаныахтарын сөп», — диэн судаарыстыба баһылыга бэлиэтээтэ.

Билигин бу бырайыакка 11 куораттан 12 баан, 600 биирдиилээн дьон уонна 22 тэрилтэлэр кытталлар. «Бу сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан бу тиһиккэ 27 тыһ. тахса харчы ыытыыта ааста, ону тэҥэ 7 тыһ. тахса табаар уонна өҥө төлөбүрэ оҥоһулунна», — диэн Владимир Путин иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, “цифровой” уонна “электроннай” диэн биир өйдөбүлү араастаан ааттааһыҥҥа майгынныыр. Ол эрэн, “цифровой солкуобай” олох туспа айылҕалаах өйдөбүл. Цифровой харчы биир сүрүн уратыта – хас биирдии цифровой солкуобай туспа кэтэнэр кыахтаах, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА