Владимир Путин федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата. Докумуоҥҥа сурулларынан, 2023 сылга хамнас алын кээмэйэ 16 242 солк быһылынна.
«2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ ыйга 16 242 солк буолар, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 6,3% үрдүк», — быһаарыылаах матырыйаалга суруллар.
Быйыл МРОТ иккитэ улаатыннардылар: тохсунньу 1 күнүттэн 13 890 солк, от ыйын 1 күнүттэн — 15 279 солк диэри.
РИА Новости