«Якутия» уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньалар үлэһиттэрин кытта көрсүһүүгэ Владимир Путин Саха сиригэр итэҕэллээх дьоно кыттыыны ылла.
«Российский союз ветеранов Афганистана» Саха сиринээҕи тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютый уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин регионнааҕы отделениетын салайааччыта Марина Бахилина дойду балаһыанньатын туһунан кэпсээтилэр.
Валерий Лютый дойду сайдыы саҥа түһүмэҕэр киирбитин, ол иһигэр авиацияны тутууга баар ситиһиилэр тустарынан кэпсээтэ. «2030 сылга диэри 1000 бэйэ сөмөлүөтүн оҥорон таһаарар сорук турар. Сотору кэминэн аныгы авиалайнердары оҥорор буолуохпут. Билигин сөмөлүөттэр импортнай комплектующайдарын бэйэ оҥорон таһаарыытыгар уларыталаан эрэбит», — диэтэ Лютый.
Сиһилии: https://ysia.ru/doverennye-litsa-vladimira-putina-vstretilis-s-rabotnikami-aviapredpriyatij/