Путин тэрийбит оробуочай бөлөҕөр хос бэрэссэдээтэлинэн Андрей Клишас, судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуоҥҥа Госдуума кэмитиэтин баһылыга Павел Крашенинников, РНА академига, бырабыыталыстыба иһинэн үлэлиир сокуоннаска уонна быраабы үөрэтиигэ институт дириэктэрэ Талия Хабриева.
Россия президенэ Владимир Путин чэппиэргэ РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ этиилэри бэлэмниир оробуочай бөлөҕү кытта көрсүөҕэ. Бу туһунан «РИА Новости» Кремль пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.
Владимир Путин эрдэ Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ этиилэри бэлэмниир оробуочай бөлөҕү тэрийэр туһунан дьаһал таһаарбыта. Федерация Сэбиэтин конституционнай кэмитиэтин салайааччыта Андрей Клишас эппитинэн, бастакы мунньах тохсунньу 17 күнүгэр буолуоҕа. Онтон чэппиэргэ барыллааһын сүбэлэһии былааннанар.
«Президент тэриллибит бөлөҕү кытта көрсөр былааннаах. Мунньах бүгүн, чэппиэргэ, тохсунньу 16 күнүгэр буолар», — пресс-сулууспаҕа этилиннэ.
Путин Федеральнай Мунньахха ыҥырыытыгар дойду Конституцията норуоттар икки ардыларынааҕы сокуоҥҥа приоритеттаах буолуохтааҕын эппитэ. Этиилэри өйүүргэ ыҥырбыта.