Владимир Путин дойду социальнай-экономическай сайдыытыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт (Госсэбиэт) хамыыһыйаларын структуратын саҥардан биэрдэ. «Энергетика» хайысхаҕа бэрэссэдээтэлинэн Саха сирин баһылыгын анаата.
«Российскай Федерация Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетикэ» хайысхатын хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн — Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын Николаев А. С. аныырга», — диэн суруллар президент ыйааҕар.
Эрдэ бу дуоһунаһы Кемеровскай уобалас баһылыга Сергей Цивилев салайара, кини билигин дойду энергетикатын миниистиринэн үлэлиир.