Россия президенэ Владимир Путин Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан ыстатыйа суруйда диэн, РИА Новости ханаалга пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрдэ.
Кремль бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, ыстатыйа киэҥ эйгэҕэ хаһан тахсар күнүн-дьылын Владимир Путин бэйэтэ быһаарар. Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан ыстатыйаны суруйар баҕалааҕын туһунан президент улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр эппитэ.
Быйыл Улуу сэрии түмүктэммитэ 75 сыла бэлиэтэнэр. Ити эрээри үгэскэ кубулуйбут Кыайыы параада ыам ыйын 9 күнүттэн бэс ыйын 24 күнүгэр, коронавирустан сылтаан, көһөрүллүбүтэ. Путин бу күнү сынньалаҥынан биллэрбитэ, ити эрээри хамнас ааҕыллар.
Бэс ыйын 24 күнүгэр бырааһынньыгы биллэрии — 1945 сыллаахха кыайбыттар параадтара буолбутун кытта сибээстээх. Бу күн фронтан төннүбүт байыастар Кыһыл болуоссат устун хаампыттара.