22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Владимир Путин: “2030 сылга олохтоох эминэн хааччыллыы 90% тэҥнэһиэхтээх”

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дойду Бэрэсидьиэнин пресс-кэмпириэнсийэтигэр босхо мэдиссиинэ, эминэн-томунан хаачыйыы тиийбэтин туһунан ыйытыылар киирдилэр, суруйда Саха сирэ.

“Бэйэбит фармацевтическай бырамыысыланнаспытын сайыннарыы үлэтин 2008 сыллаахха саҕалаабыппыт, чопчу бырагыраамалары толкуйдаабыппыт. Фармация федеральнай бүддьүөт көмөтүнэн сайдара. Бүгүн фармацевтическай хампаанньалар бэйэлэрин тус сайдыыларын кыаҕар үп уган эрэллэр. Бу балачча улахан үп, уонунан миллиард суума буолар. Олохтоох молекулаларга препараттары, бу иннинэ суох субстанциялары оҥорон саҕалаатылар, уустук эмтэри, ол иһигэр, Питерга онкологическай ыарыылары утары охсуһар эмтэри оҥоруу сайдан эрэр” – диэн иһитиннэрдэ.

Босхо бэриллиэхтээх эмкэ үбүлээһин олоччу көрүллэрин, атыылаһыыны (торг) тэрийиигэ уонна быһаарыы кэмигэр ылыныллыытыттан тутулуктаах диэн эттэ.

“Олоххо ирдэнэр суолталаах эминэн хааччыйыыга 2030 сылга биһиги 90% тиийиэхтээхпит. Онтон мэдиссиинискэй оҥоһууга – 40%. Уопсайынан, бу үлэ үчүгэйдик, тэтимнээхтик барар” – диэн Бэрэсидьиэн ыйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА