Видеофакт: Чуукаарга балаҕан ыйыгар дьикти өҥнөөх ньургуһуннар үүннүлэр

Ньурба улууһун Чуукаарыгар дьикти өҥнөөх ньургуһуннар балаҕан ыйыгар үүннүлэр.

Ролик ааптара этэринэн, видео балаҕан ыйын 5 күнүгэр уһуллубут. Исписэлиистэр сибэккини альбиноснай киэптээх диэн быһаардылар.

Норуокка биллэринэн, Чуукаарга араас өҥнөөх ньургуһуннар үүнэллэр.

This post was published on 07.09.2022 17:28 17:28