Саха сиригэр Өлүөнэ өрүскэ муус харыыта таҕыста

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр Ленскэй оройуонугар Пеледуй гидропоһун таһынан ыам ыйын 6 күнүгэр сарсыарда 10 чааска уу таһыма кутталлаах бэлиэни 47 см куоһарда.

Гидрологтар сэрэппиттэринэн, харыы баарын тухары кэлэр сууккаҕа Пеледуй туһаайыытынан уу таһымныыра эбиллиэн сөп.

Саха сиригэр Өлүөнэ эбэҕэ муус хамсааһына нуорматтан 3 суукка эрдэлээтэ, элбэх сыллаах кэтээн көрүүлэри кытта тэҥнээтэххэ.

This post was published on 06.05.2024 13:07 13:07