Саха сириттэн «Момога» диэн Кытай национальнай айылҕа заповеднигар кэргэннии кыталыктар көтөн кэлбиттэр. Кинилэр үгэс быһыытынан биир эрэ буолбакка, икки оҕолоохтор, диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыталык» нациоанльнай паарката биллэрэр.
«Үксүгэр паараларга биир эрэ оҕолоох буолаллар. 2019 сылтан илин Сибиир популяциятыгар икки оҕолоох кыталыктары бэлиэтээһин үһүс биллэр чахчыта. Урут маннык ыаллар уйаламмыт сирдэригэр уонна кыстыыр сирдэригэр да бэлиэтэммиттэрэ», — диэн «Кыталык» пааркаҕа кэпсээтилэр.
Кыталыктар икки сымыыты баттыыллар эрээри, үксэ биир эрэ көтөр үөскүүр. Бу биричиинэтинэн ыарыһах эмбрион үөскээһинэ уонна үксүгэр иккис сымыыты сиэмэх кыллар уорааһыннара буолар.