Саха сириттэн Василий Сергеев ааспыт өрөбүлгэ Аллараа Новгородка ыытыллыбыт «Минин кубога» бүтүн Арассыыйатааҕы ММА турнирыгар иккис миэстэни ылла. 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга кини Арассыыйа панкратиоҥҥа чемпионугар Шамиль Батрудиновка эрэ хоттордо, диэн СИА кэпсиир.
«Микстфайт» (Ураанхай) кулууп иитиллээччитин кыайыытын туһунан социальнай ситимҥэ кулууп салайааччыта уонна тренер Тургун Попов иһитиннэрдэ.
«Василий бэҕэһээ панкратиоҥҥа уонна ММА-ҕа бэйэлэрин регионнарын чемпионнарын кытта үс улахан кыргыһыыны ыытта уонна финалга таҕыста. Финальнай тыҥааһыннаах киирсиигэ Санкт- Петербуртан сылдьар Шамиль Батрудиновка хоттордо. Бойобуой единоборьеҕа ММА-ҕа Арассыыйа спордун маастарын нормативын толордо», — диэн кэпсээтэ Попов.