Саха сирин боксера Василий Егоров хайаатар да «Кыһыл көмүс» мэтээли ылары ситиһиэҕин туһунан «Р-Спорт» агенствоҕа эттэ.
«Шереметьево» аэропортан Россия сүүмэрдэммит хамаандаларын бэҕэһээ сарсыарда Риоҕа үөрүүлээхтик атаардылар. Уопсайа 70 киһилээх делегация Олипмиадаҕа барда.
Василий Егоров — боксаҕа 49 кг диэри ыйааһыҥҥа 2015 сыллаахха Европа чөмпүйүөнэ, вице-чөмпүйүөнэ. «Мин Сахам сирин уонна Россия иннигэр үрдүк эппиэтинэстэн толлубаппын. Олимпийскай оонньууларга Саха сириттэн соҕотохпун, биир дойдулааҕым Виктор Лебедев кыттыбат буолбутуттан хомойдум уонна кинини өйүүбүн. Мин «Кыһыл көмүһү» эрэ ылар соруктаахпын», — диэтэ кини.