Аан дойду үрдүнэн аан бастаан регистрацияламмыт «Спутник-V» вакцина Росздравнадзор лабораторияларыгар чинчийиини, тургутугу ааһан, эрэгийиэннэргэ ыытыллан эрэр. Бу туһунан РФ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр сигэнэн, edersaas.ru суруйар.
Коронавируһу утары бастакы вакцинаны Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология научнай киинигэр оҥоһуллубута. 18-60 саастаах баҕалаах дьоҥҥо быһыы биэрэн, хас да нэдиэлэ устата кэтээн көрбүттэрэ, чинчийбиттэрэ. Бу дьон туруктара үчүгэй буолан, салгыы промышленнай оҥорууга ыыппыттара. Онон, сотору кэминэн Саха сиригэр бастакы партия кэлэрэ күүтүллэр. Аан бастаан коронавируска сыстар кутталлаах үлэлээх дьоҥҥо (медиктэргэ, о.д.а.) биэрэн саҕалыахтара.