Ленскэй оройуонун дьаһалтата СИА-ҕа эппитинэн, Чайыҥдаҕа түһүүлэнэ сытар «Газпром добыча Ноябрьск» хампаанньа үс үлэһитэ коронавирустаабыта бигэргэннэ.
“Билигин газовиктары кытта үлэ барар. Кинилэр кулун тутарга вахта сменатын уларытыыны 85 хонукка тохтотоллорун туһунан эппиттэрэ. Ити эрээри «перевахтовка» кулун тутар 28 күнүгэр оҥоһуллубут. Кимиэхэ да биллэрбэтэхтэр. Бөлүүн үс киһилэрэ коронавирустаабыттара бигэргэммит”, — диэтэ баһылык Жумарт Абильманов.
Оройуоннааҕы обсерваторга 6 киһи аҕалыллыбыт, ити эрээри учаастакка өссө 23 үлэһит көмөҕө наадыйар. Ол иһигэр икки фельдшер. Кинилэргэ анал борт көтүөхтээх. Быраастар, фельдшердар тиийэллэрэ, эмп илдьиллэрэ былааннанар.
«Онно балаһыанньа ыарахан буолуохтаах. Вахтовай бөһүөлэктэн салгыы ыарыы тахсыбатаҕар эрэнэбин. Сорох ыарыһахтары Ноябрьскайга илдьиэхтээхтэр эбэтэр бэйэлэригэр стационар арыллыахтаах», — диэтэ баһылык.