Уус-Майа улууһун олохтоохторо киин бөһүөлэккэ саҥа тутуллар балыыһа комплексын «кыһыл көмүс» сыбаайата түһэриллэр үтүө күнүн көрдүлэр. Эбийиэк доруобуйа харыстабылын саҥардыы федеральнайдааҕы бырагыраама чэрчитинэн тутуллар.
Уус-Майа бөһүөлэгэр тутуллар бырайыак 45 миэстэлээх стационардаах, сменаҕа 104 киһи киирэр поликлиникалаах, хайысхаларынан отделениелардаах буолуоҕа, тубдиспансер уонна да атын балыыһа сулууспалара киириэхтэрэ.
Оройуон баһылыга Александр Антипин: «Саҥа балыыһа комплекса киирдэҕинэ Уус-Майа олохтоохторо аныгы тутуллаах медицинаҕа көрдөрүнэр кыахтаныахтара. Хаачыстыбалаах эмтэнии, доруобуйаны чинчийэн көрүү ыытыллыаҕа. Бастакы сыбаайа Уус-Майа оройуонун доруобуйатын харыстабылын 100, оройуон 90 сылларыгар түһэриллибитэ. Оттон бүгүн Саха АССР 100 сылыгар түмүктэннэ«, — диэтэ. Кини Ил Дархан Айсен Николаевка, бырабыыталыстыбаҕа, билиҥҥи уустук кэмҥэ өйөбүллэрин иһин, махтанна.
«Балыыһа комплекса аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир буолуоҕа. Сыл бүтүөр диэри каркаһа түмүктэниэҕэ. Кэлэр сылга оборудование туруоруутугар үлэлиэхпит. Алтынньыга эбийиэк 100% бэлэм буолуохтаах», — диэтэ «Судаарыстыбаннай сакаас сулууспата» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Михаил Черов.
Ааптар: Елена Александрова, «Усть-Майский вестник» хаһыат