Уус-Майа оройуонугар геологическай — разведкалыыр тэрилтэ үлэһитэ коллегатыгар саҥа оргуйбут итии ууну тохто, кинини 10 сылга диэри көҥүлүн быһыахтарын сөп. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Олунньуга эр дьон икки ардыларыгар үлэ чааһыгар иирсээн тахсыбыт. Ити кэнниттэн Өймөкөөҥҥө баар топогеодезическай биригээдэ дьиэтигэр сылдьан, Иркутскай уобалаһын миискэҕэ уу оргутан, ороҥҥо утуйа сытар коллегатыгар тохпут. Эмсэҕэлээбит киһи моонньун уонна этин-хаанын сиэппит икки атаҕын иэнин 45% ыллылар.
Холуобунай дьыала суукка ыытылынна. Киһи бэйэтин доруобуйатыгар соруйан ыарахан эчэйии оҥорор түгэнигэрин 10 сылга диэри хаайыллар.